Nothing Special   »   [go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Атырдьах ыйын 12

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Атырдьах ыйын 12 диэн Григориан халандаарыгар сыл 224-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 225-c күнэ). Сыл бүтүө 141 күн баар.

  • 1765 — Улуу Моҕуоллар импиэрийэлэрин ыраахтааҕыта Шах Алам II Ост-Ииндийэ хампаанньатын кытта Аллахабадтааҕы сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар. Бу күнтэн ыла Британия Ииндийэни баһылыыра саҕаламмытынан ааҕыллар.
  • 1865Англия бырааһа Джозеф Листер бастакынан операция кэмигэр илиитин уонна инструменнарын соторго антисептик туттубут. Инньэ гынан хирургическэй операция кэнниттэн пациеннар өлүүлэрэ үс төгүл аччаабыт.
  • 1922Саха АССР Совнаркома "Өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар саха тылын киллэрии туһунан" уураах ылыммыт.
  • 1932Дьокуускайга Киин электростанция тутуута саҕаламмыт.
  • 1936Индигир өрүскэ "Отто Шмидт" хараабыл киирбит. Бу күнтэн ылата бу өрүскэ хараабыллар куруук сылдьар буолбуттар.
  • 1950АХШ Оборонатын министиэристибэтэ ядернай бомбаттан хайдах харыстанар туһунан ыйыы таһаарбыт. Ол кэнниттэн АХШ-га бомбаттан саһар сирдэри тутуу балысханнык саҕаламмыта.
  • 1953Казахстаҥҥа Семипалатинскай полигоҥҥа аан дойдуга бастакы водороднай бомба ситиһиилээхтик дэлби тэптэриллибит.
  • 1978Дьоппуон уонна Кытай эйэ уонна доҕордоһуу дуогабарын түһэрсибиттэр. Дьоппуон сэрии кэмигэр Кытайга оҥорбут хоромньутун суотугар улахан репарация төлөөн саҕалаабыт. Бу репарация чэрчитинэн Дьоппуон 30 сыл кэриҥэ Кытай инфраструктуратын сайыннарбыт уонна технологиянан көмөлөспүт.
  • 1996Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан Аллайыаха улууһугар "Кыталык", Булуҥ улууһүгар "Лена-дельта" уонна Горнай улууһугар "Сиинэ" эркээйи сирдэр тэриллибиттэр.
  • 1999Накыыҥҥа бастакы модульнай баабырыка үлэҕэ киирбит.
  • 2000 — Баренц байҕалыгар "Курскай" подводнай лодка саахалланан тимирбит, экипааһын дьоно бары өлбүттэр.


  1. World Elephant Day
  2. [https://nationaldaycalendar.com/national-vinyl-record-day-august-12/ NATIONAL VINYL RECORD DAY — August 12 — National Day Calendar