Nothing Special   »   [go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

1933

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1929 1930 1931 193219331934 1935 1936 1937
Уоннуу сыллар
1900-с 1910-с 1920-с1930-с1940-с 1950-с 1960-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1933 сыл.

  • Тохсунньу 3ЯЦИК Президиума Дьокуускайга 100 киһини бастакы кууруска үөрэтэр пединститут тэрийэр туһунан быһаарыы ылбыт. Ол эрээри былааннаммытын курдук ол күһүн институту арыйар табыллыбатах, нөҥүө сылыгар алтынньыга эрэ аһыллыбыта, үөрэх алтынньы 8 күнүгэр саҕаламмыта.
  • Тохсунньу 6 — Олег Макаров — сэбиэскэй космонавт, икки төгүллээх Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Дьокуускай куорат ытык киһитэ (1977).
  • Тохсунньу 15 — Саха национальнай байыаннай учуулуссатын (ЯНВШ) 6 курсаана Дьокуускайтан Хабаровскайга диэри хайыһарынан аттаммыттар, ол күн сарсыарда салгын тэмпэрэтиирэтэ -55 °С турбут. Айан кистэлэҥ эбит. Хайыһардьыттар хотугу кыраайга саллаат таҥаһа-саба тымныыны төһө тулуйар кыахтааҕын, ытар сэп-сэбиргэл тымныыга хайдах үлэлиирин, уустук айаҥҥа күннээҕи аһылык нуормата төһө буоларын уонна хайыһары, сааны-саадаҕы табыгастаахтык хайдах туттуохха сөбүн билээри айаннаабыттар. Хабаровскайга диэри 58 күн устата күҥҥэ ортотунан 45—59 км баран, кулун тутар 15 күнүгэр этэҥҥэ биэтэккэ тиийбиттэр. Уһук Илиннээҕи аармыйа хамаандыссайа Василий Блюхер бу бохуот ситиһиилээхтик түмүктэммитин кэннэ хас биирдиилэригэр Махтал сурук туттарбыта уонна бинтиэпкэ бэлэхтээбитэ.
  • Тохсунньу 30 — Германия бэрэсидьиэнэ Гинденбург Адольф Гитлеры канцлерынан анаабыт, нацистар былааска кэлбиттэр.
  • Олунньу 3Адольф Гитлер Үһүс рейх тас бэлиитикэтин сүрүн соругунан ньиэмэстэр олорор эйгэлэрин Илин Европа суотугар кэҥэтии буолар диэн биллэрбит.
  • Олунньу 6Өймөкөөн метео ыстаансыйата (1929 с. төрүттэммит) Саха сиригэр саамай намыһах температураны бэлиэтээбит — −67,7°С. Бу иннинэ 1926 с. геолог Сергей Обручев, Черскэй сиһигэр баран иһэн Өймөкөөн Томторугар −71,2°С буолуон сөп диэн бэйэтин күннүгэр суруйбут. Ол эрээри кээмэйдээбитин туһунан атын докумуон хаалбатах буолан, бу билиниллибэт.
  • Олунньу 27Берлиҥҥэ Рейхстаг умайбыт. Бу кэмнэ Германияҕа Рейхстагка быыбар айдаана буола турбут, онно нацистар коммунистары утары киирсибитэр. Баһаарга коммунист Маринус ван дер Люббе буруйдаммыт, ол кэнниттэн Хомуньуус баартыйата бобуллубут.
  • Кулун тутар 5Германияҕа быыбарга нацистар партиялара кыайбыт.
  • Кулун тутар 6Улуу депрессия: АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Д. Рузвельт «баан уоппускатын» биллэрэн, АХШ бааннарын барыларын сабан кэбиспит, үп хамсааһынан тохтоппут.
  • Кулун тутар 15 — Саха национальнай байыаннай учуулуссатын (ЯНВШ) 6 курсаана хайыһарынан тохсунньу 15 күнүттэн 58 күн устата айаннаан Дьокуускайтан Хабаровскайга тиийбиттэр. Айан кистэлэҥ этэ. Хайыһардьыттар хотугу дойдуга саллаат таҥаһа-саба тымныыны төһө тулуйар кыахтааҕын, ытар сэп-сэбиргэл тымныыга хайдах үлэлиирин, уустук айаҥҥа күннээҕи аһылык нуормата төһө буоларын уонна хайыһары, сааны-саадаҕы табыгастаахтык хайдах туттуохха сөбүн билэр соруктаахтар этэ. Уһук Илиннээҕи аармыйа хамаандыссайа Василий Блюхер бу бохуот ситиһиилээхтик түмүктэммитин кэннэ хас биирдиилэригэр Махтал сурук туттарбыта уонна бинтиэпкэ бэлэхтээбитэ.
  • Кулун тутар 18 — Саха сириттэн 8 хайыһардьыт Дьокуускайтан Иркутскайга диэри айаннара түмүктэммит. Старт тохсунньу 6 күнүгэр «Динамо» стадионун таһыгар бэриллибитэ. Күҥҥэ ортотунан 45—50 км бараннар, 72 күн устата хайыһардьыттар 3000 км, онтон 56-тын хайыһарынан барбыттара бэлиэтэммит. Москубаттан кэлбит телеграммаҕа «Динамо түмсүү киин сэбиэтэ хоһуун «динамовецтары» туруоруллубут сыалы ситиспиккитинэн эҕэрдэлиир» диэн суруллубут.
  • Кулун тутар 20Өлүөхүмэ бастакы хаһыата "Колхозтаах" тахсыбыт. Бу улуус сахалыы хаһыаттарыгар үһүс хаһыат этэ (бастакылар Бүлүүгэ уонна Чурапчыга тахсыбыттара)[1].
  • Муус устар 1 — соторутааҕыта рейхстаагка талыллыбыт нацистар Юлиус Штрейхер ыйыытынан-кэрдиитинэн дьэбириэйдэр бас билэр тэрилтэлэрин, маҕаһыыннарын бойкуоттаабыттар, бу Германияҕа тэрээһиннээх антисемиттыы дьайыылартан бастакылара этэ.
  • Муус устар 3 — сэбиэскэй хирург Юрий Юрьевич Вороной Херсоҥҥа аан дойдуга бастакынан өлбүт киһи бүөрүн тыыннаах киһиэхэ көһөрөн олордубут.
  • Муус устар 5Аммаҕа улуус хаһыатын бастакы нүөмэрэ тахсыбыт ("Социализм тутуутугар" диэн ааттааҕа)[2].
  • Ахсынньы 5 — Саха АССР Совнаркома «Дьокуускайга уу ситимин тутарга» диэн быһаарыы ылбыт.
  • Ахсынньы 5АХШ-ка 14 сыллаах дойду үрдүнэн арыгы бобуута көтүрүллүбүт. Ол эрээри элбэх штат, резервация, уокурук уонна куорат арыгыны хааччахтааһыны хаалларбыттара.
  • Ахсынньы 28Степан Гоголев (1896 с.т.), Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.
  • Ыам ыйын 15 — Сулҕаччы Бабаҕатыгар Оҕо Мэҥэтэ алааска холкуостаах кэргэнигэр саха эстрадатын бастакы үҥкүүһүттэритттэн биирдэстэрэ Дмитрий Неустроев.
  1. Свитич Л.Г., Сидоров О.Г., Смирнова О.В. Улусные (районные) газеты Республики Саха (Якутия): социологическое исследование. — Новосибирск: Наука, 2017. — С. 9. — 140 с. — 350 экз. — ISBN 978-5-02-038726-3
  2. Свитич Л.Г., Сидоров О.Г., Смирнова О.В. Улусные (районные) газеты Республики Саха (Якутия): социологическое исследование. — Новосибирск: Наука, 2017. — С. 9. — 140 с. — 350 экз. — ISBN 978-5-02-038726-3