Nothing Special   »   [go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Бэтлэһэм

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бэтлэһэм
Бэтлэһэм Палестина хаартатыгар

Бэтлэһэм (Bethlehem, араб. بيت لحم‎, ивр. בֵּית לֶחֶם‎) диэн Палестина хотото. Арҕаа кытыл сиригэр баар. Иерусалимтан 10 км соҕуруу баар. Бэтлэһэм улууһун киин хотото. Олохтоохторун ахсаана 25,000 кэриҥэ. Сүрүн омуга Палестина арабтара, үксэ мусулмааннар, аҕыйаҕа христианнар. Хото экономиката туризмтан улахан тутулуктаах. Ытык оруннарга сылдьаары атын дойдулартан турист бөҕө кэлэр. Чуолаан кыһын Ороһуоспа кэмэ чугаһаатаҕына туристар элбииллэр. Ордук биллиилээх ытык оруннар Исус төрөөбүт хаспаҕа уонна Рахил иинэ.

Бэтлэһэм аан маҥнайгытын б.э.и. 1350–1330 сылларга ахтыллар (Амарна суруктара). Ханаан омуктара олорбуттара. Бэтлэһэмҥа Давид төрөөбүтэ. Давид манна холбоһуктаах Ыһыраайыл хоруоллугун үһүс баһылыгынан сыбаныллыбыта. 132–136 сылларга Рим империята баһылааһынын утары Бар-Кохба өрө туруутугар Адриан император Бэтлэһэмы бүтүннүүтүн урусхаллаабыта. Кэлин Улуу Константин ийэтэ Елена хото сөргүтүүтүн саҕалаабыта. Константин ийэтин үлэтин салгыы кэҥэппитэ. 327 сылга Исуска анаммыт Төрөөһүн сыаркаба тутуллан бүппүтэ. 637 сылга Бэтлэһэмы арабтар баһылаабыттара. 1099 сылга Бэтлэһэмы Кириэстээхтэр баһылаабыттара. 1244 сылга Мөмүлүүктэр кириэстээхтэри кыайаннар Бэтлэһэмы ылбыттара. 1516-1517 сыллардааҕы Осман-Мөмүлүүк сэриитин түмүгүнэн Бэтлэһэмы Осман империята ылбыта. 1918 сылга Осман Империята Бастакы аан дойду сэриитигэр хотторон Бэтлэһэм Британия Империятын бас билиитигэр киирбитэ (Британия мандаттаах Палестина). 1948 сыллааҕы Араб-Исраил сэриитигэр Бэтлэһэмы Иордания ылбыта. 1967 сыллааҕы Араб-Исраил сэриитигэр Бэтлэһэмы Исраил ылбыта. 1993 сыллааҕы Осло сөбүлэҥинэн Бэтлэһэм Палестина Илин салалтатыгар бэриллибитэ.