Nothing Special   »   [go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

1999 сыл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Барыл 06:53, 19 Атырдьах ыйын 2024; Ojkhol (ырытыы | суруйуу) (Ыам ыйа)
(уратыта) ←Инники барыл | Билиҥҥи барыл (уратыта) | Аныгыскы барыл→ (уратыта)
Сыллар
1995 1996 1997 199819992000 2001 2002 2003
Уоннуу сыллар
1960-с 1970-с 1980-с1990-с2000-с 2010-с 2020-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1999 сыл.

  • Кулун тутар 24НАТО сэриилэрэ ХНТ Куттал суох буолуутун сэбиэтин көҥүлэ суох Югославияҕа киирбиттэр. Бу НАТО тутулуга суох дойдуга аан бастаан саба түһүүтүнэн буолбута.
  • Муус устар 1Нунавут Канаадаҕа Хотугулуу-Арҕаа сирдэртэн аарарыллан туспа салайыллар сир буолбут. Бу Канаада иэнинэн саамай бөдөҥ сиригэр, 40-ча тыһыынча эрэ киһи олорор, онтон үксэ инуит омуктар. Инуиттар уопсай ахсааннара аан дойдуга 150-ча тыһыынча, үгүстэрэ Канаадаҕа (65 тыһ.), Гренландияҕа (50 тыһ.), Данияҕа уонна Аляскаҕа (16-лыы тыһыынча) тарҕанан олороллор.
  • Ыам ыйын 15 — Арассыыйа Госдууматыгар бэрэсидьиэн Борис Ельциҥҥэ импичмент биллэрэр туһунан куоластааһын буолбут. Бэрэсидьиэни дуоһунаһыттан туоратарга уонна атын боппуруостары быһаарарга куолас тиийбэтэх.

Ый саҕаланыытыгар Владимир Путин Саха сиригэр Михаил Николаев ыҥырыытынан сылдьыбыт.

  • Атырдьах ыйын 7 — "Киин куорат" хаһыат бастакы нүөмэрэ 5000 ахсаанынан тахсыбыт. 12 балаһалаах дьоҕус нүөмэри эрэдээктэр Александр Яковлев, кэрэспэдьиэннэр Андрей Аргунов, Александр Бурцев, Виталий Иванов, Андриан уонна Леонид Николаевтар бэлэмнээбиттэр. Бастакы рубрикаларынан «Биһиги ыалдьыппыт», “Экономика уонна политика”, “Былыргы дьылларга”, «Литературнай балаһа”, “Кус быһыйдар, ат бөҕөлөр”, “Сиэр-майгы”, «Дьиэ хаһаайкаларыгар сүбэлэр» буолбуттар. Хаһыаты дизайнер Василий Андросов таҥмыт.
  • Атырдьах ыйын 9 — Бу иннинэ Куттал суох Сэбиэтин уонна ФСБ-ны салайан олорбут Владимир Путин Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэстээтэлин эбээһинэһин толорооччунан анаммыт. Бу күн Борис Ельцин тэлэбиидэнньэҕэ тыл этэригэр Путины бэйэтин салҕааччытынан, Арассыыйаны салайар киһинэн көрөрүн туһунан эппит.
  • Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин начальнай (авторскай) оскуолатын ноосфернай-экологическай иитиигэ-үөрэтиигэ тиһилигэ бигэргэтиллибитэ.