Nothing Special   »   [go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Корякин Иннокентий Дмитриевич

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Корякин Иннокентий Дмитриевич (01.05.1931—15.06.1999) — саха живописеһа, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.

1931 с. ыам ыйын 1 күнүгэр Чурапчы Мэлдьэхси нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

1956 с. Дьокуускайдааҕы уус-уран училищены бүтэрбитэ, онно С. Л. Александровка үөрэммитэ. 1959 с. Таатта Харбалааҕар олорбута, 1974 с. олохтоох хартыына галереятын тэрийбитэ, уопсастыбаннай дириэктэрдээбитэ, онтон галерея 1989 с. Саха национальнай уус-уран түмэлин филиала буолбутугар дириэктэринэн ананан үлэлээбитэ[1].

Кэргэнэ Рево Гаврильевна Корякина (Игнатьева) өр сылларга Таатта улууһугар фельдшеринэн үлэлээбитэ. Алта оҕолоохтор.

Иннокентий Дмитриевич айар үлэтэ саха тыатын олоҕун кытта ыкса ситимнээх. Ыарахан бааһынай үлэтигэр сүгүрүйүү айымньыларыгар көстөр (Кохуостаах мэтириэтэ, 1968, Амма сылгыһыттара, 1979, Оҕонньор сиэнин кытта, 1980, Оҕонньоттор, 1981, Төрөөбүт алаас мууһа, 1990).

«Оттооһун» диэн 1976 с суруллубут хартыынаҕа от үлэтэ киэҥник көҥүллүк көстөр. 1973 с. Эллэй Сивцевтыын уонна В. Карамзинныын Корякин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо кинигэ буолан тахсарыгар ойууларын оҥорбута.

1999 с. бэс ыйын 15 күнүгэр Харбалаахха өлбүтэ.

  1. Национальный художественный музей Республики Саха (Якутия). Г. Сафронова уонна атыттар. — Дь.: Сахаполиграфиздат, 2001