1916 сыл
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1912 1913 1914 1915 — 1916 — 1917 1918 1919 1920 |
Уоннуу сыллар |
1880-с 1890-с 1900-с — 1910-с — 1920-с 1930-с 1940-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1916 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 2 — Нуучча ботаникаҕа уопсастыбата тэриллибит[1].
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 16 — генерал Юденич Кавказтааҕы аармыйата Туурсуйа 3-с аармыйатын урусхаллаабыт, хааннаах кыргыһыы түмүгэр Эрзурум кириэппэһи ылбыт.
- Олунньу 21 — Аан дойду бастакы сэриитигэр улахан Верден кыргыһыыта саҕаламмыт. Тоҕус ыйдаах элбэх хаан тохтуулаах кыргыһыыга Германия кимэн киириитин Франция тохтоппут.
- Олунньу 25 — Верден кыргыһыытын кэмигэр ньиэмэстэр Дуомон форту ылбыттар, Бу форт Франция сэриилэрин сүрүн көмүскэнэр тутуута этэ.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 6 — Вьетнам импэрээтэрэ Дуй Тан французтары утары өрө турууга ыҥырбытын иһин билиэн ылыллыбыт, бу кэнниттэн Реюньон арыыга көскө ыытыллыбыта.
- Ыам ыйын 17 — Англияҕа аан бастаан сайыҥҥы кэмҥэ көһүү буолбут.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 4 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Арассыыйа Брусилов көҥү көтүүтэ (нууч. Брусиловский прорыв) диэн ааттаммыт кимэн кииритин саҕалаабыт, Галицияҕа Австро-Венгрия позицияларын артиллериянан ытыалаабыт.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 18 — Хабаровскайга Амур өрүһүн туоруур күргэ тутуллубут. Транссибирскай магистраль Арассыыйа импиэрийэтин территориятыгар түмүктэммит. Бу иннинэ тимир суол Читаттан Владивостокка диэри кэрчигэ Кытай сиринэн ааһара.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 18 — Аан дойду бастакы сэриитин Арҕаа фронугар биир саамай улахан хаан тохтуулаах кыргыһыы — Сомма кыргыһыыта — түмүктэммит. 1916 сыллаахха буолбут арҕаа фроҥҥа Сомма уонна Верден кыргыһыылара, ону кытары Илин фроҥҥа буолбут Брусилов кимэн киириитэ сэриигэ стратегическэй инициативаны Антанта өттүгэр оҕуннарбыттар. Элбэх ресурсалаах Антанта дойдулара ыарахан кыргыһыылар кэннилэриттэн сүүйүүлээх балаһыанньаҕа тахсыбыттар.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 18 — Верден аннынааҕы кыргыһыы түмүктэммит. Французтар 2-3 км кимэн киирэн ньиэмэстэри тохтоппуттар. 430 тыһ. тиийэр киһи өлбүт.
- Ахсынньы 30 — Нуучча ыраахтааҕытын сүбэһитин Григорий Распутины кинээс Феликс Юсупов салалталаах бөлөх өлөрбүт. Өлүгүн үс хонон баран Москуба өрүскэ ойбонтон булбуттара.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 20 — Николай Доможаков — хакаас учуонайа. Хакасияҕа Тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа научнай-чинчийэр институтун тэрийсибитэ уонна 1944 сылтан 1955 сылга диэри салайбыта. Доможаков хакаас омук тылын, оскуолаҕа үөрэтэр кинигэлэрин, үөрэтии босуобуйаларын, атын элбэх үөрэх фундаментальнай үлэлэрин оҥорбут ааптар быһыытынан биллэр.
- Кулун тутар 27 — Игнатьев Георгий Гаврилович, Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Саха театрын дириэктэрэ.
- Кулун тутар 30 — Власов Иосиф Тимофеевич (1916—1989), Социалистическай Үлэ Геройа.
- Муус устар 3 — Семенов Василий Алексеевич (1916—1977), Ойуунускай айар үлэтин үөрэппит чинчийээччи, тыл үөрэҕин билимнэрин кандидата.
- Муус устар 11 — Слепцова Матрёна Васильевна (1916—1995), РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа.
- Бэс ыйын 17 — Кривошапко Галина Михайловна (1916—2013), дирижер, РСФСР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- Бэс ыйын 26 — Павлов Валентин Васильевич (1916—1974), Сэбиэскэй Сойуус Геройа.
- Бэс ыйын 29 — Тулааһынап Пантелеймон Яковлевич (1916—1949), поэт.
- Бэс ыйын 30 — А. С. Слепцов, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- Сэтинньи 24 — Эртюков Иннокентий Илларионович (1916—06.06.1991) — бэйиэт, тылбаасчыт, суруналыыс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
- Сэтинньи 24 — Михаил Сафронов — ветеринария билимин дуоктара, профессор. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын чинчийэр институт дириэктэрэ (1960—1988).
- Ахсынньы 14 — Васильева Анна Михайловна (1916—1992), Социалистическай Үлэ Геройа.
- Ахсынньы 16 — Анастасия Данилова — Саха АССР общественнай, судаарыстыбаннай диэйэтэлэ.
- Ахсынньы 31 — Ким Леонид Александрович (1916—1994), Саха АССР норуодунай худуоһунньуга.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алексеев Степан Прокопьевич — Боһуут (1866—1916), Марха улууһун кулубата, атыыһыт.
- ↑ 1993 г. Шерих Д. Ю. «Городской месяцеслов. 1000 дат из прошлого Санкт-Петербурга, Петрограда, Ленинграда.» К 290-летию Санкт-Петербурга. Издательство «Петербург — XXI век». 224 с., тираж 30000 экз. ISBN 5-85490-036-X