1613
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1609 1610 1611 1612 — 1613 — 1614 1615 1616 1617 |
Уоннуу сыллар |
1580-с 1590-с 1600-с — 1610-с — 1620-с 1630-с 1640-с |
Үйэлэр |
XVI үйэ — XVII үйэ — XVIII үйэ |
1613 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- От ыйын 21 — (оччотооҕу ааҕыынан от ыйын 11-гэр) Москубаҕа 17 сааһын саҥа туолан эрэр Михаил Романов ыраахтааҕы буолан бэргэһэлэммит. Аҕата Федор Романов кыахтаах боярин этэ, уола ыраахтааҕы буолбутун кэннэ патриарх буолбута, кырдьан 1633 сыллаахха өлүөр диэри судаарыстыба дьиҥнээх салайааччыта кини этэ. Михаил Федоровичтан Арассыыйаҕа саҥа Романовтар династиялара олохтоммута (ол иннинэ сүнньүнэн Рюриковичтар салайбыттара). 1645 сыллаахха өлүөр диэри бөрүстүөлгэ олорбута. Бу ыраахтааҕы саҕана Москуба саарыстыбатыттан бастакы дьон Саха сиригэр кэлитэлээн, остуруоктары тутан олохсуйан, олохтоохтортон дьаһаах хомуйан барбыттара.