Nothing Special   »   [go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Эрнест Резерфорд

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Эрне́ст Резерфо́рд; 1-кы барон Резерфорд Нельсонскай (ааҥл. Ernest Rutherford; 1871, атырдьах ыйын 30, Спринг-Грув, Саҥа Зеландия — 1937, алтынньы 19 Кембридж) — Саҥа Зеландияттан төрүттээх Британия физик учуонайа. Ядернай физика «аҕата». 1908 сыллааҕы Нобель бириэмийэтин химияҕа лауреата.

1911 сыллаахха альфа-частицалары ыһар уопутун көрдөрөн атомнарга положительнай иитиилээх ядро уонна отрицательнай иитиилээх электроннар баалларын дакаастаабыта[1]. Опыттарыгар олоҕуран атом планетатыҥы мадьыалын айбыта.

Лондоннааҕы королевскай уопастыба чилиэнэ (1903) уонна бэрэсидьиэнэ (1925-1930)[2], Франция наукатын академиятын чилиэнэ (1927; 1921 сылтан кэрэспэдьиэн)[3], Арассыыйа наукатын академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ (1922) уонна ытык чилиэнэ (1925).

  1. Опыт Резерфорда. Elementy.Ru. Тургутулунна 30 Муус устар 2014.
  2. Халыып:RS id
  3. Les membres du passé dont le nom commence par R(фр.)