Nothing Special   »   [go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Рупия

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Үрүҥ көмүс рупия. Манньыакка Могол императора Аламгир II аата бэчээттэммит, хиджра 1172 сыла, 6-с сылын салайыытыгар. Манньыат XIX үйэ бастакы аҥарыгар Британия дьаһалтатынан оҥоһуллубут

Ру́пия (санскриттан — быһыы үрүҥ көмүс) — историяҕа киирбит Индия үрүҥ көмүһэ, эргииргэ XV үйэҕэ киирбитэ; Соҕуруу Азия кэккэ дойдуларын харчылара.

Индия рупиятын билиҥҥи бэлиэтэ — , Индонезия рупиятын бэлиэтэ — Rp, атын рупиялар — Rs.

Рупия үөскээһинэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Сури Шер-шахын рупията
Георг V король рупията, Индия, 1918 с.

Бастаан рупия Индия баһылыга Шер-Шах салайар кэмигэр (1539–1545) тахсыбыт.

Улуу Акбар салайар кэмигэр (1556–1605) тэнийбит.

Манньыаты 970-с пробалаах үрүҥ көмүстэн быһаллара, манньыат ыйааһына — 11,534 г. Рупия хаачыстыбата Англия колониялаан баһылааһыныгар дылы уларыйбатаҕа.

Рупияттан ураты киниэхэ үллэһик манньыаттар бааллара: 1/2, 1/4, 1/8, 1/16 уонна 1/20 рупиялар, ону кытары сыаналаах манньыаттар — 5, 10, 20, 50 уонна 100 рупиялар.

Манньыат быһыытынан рупия көрүҥүнэн төгүрүк буолара. Көнө муннуктардаах рупия, алгыс тыллардаах, үксэ Акбар баһылыктааһынын кэмигэр быһыллыбыта, ойууларынан кыһыл көмүс мухрга[1] маарынныыллара.

Рупияҕа номинала үксүгэр быһыллыбат этэ. Улуу Моголлар кэмнэригэр рупия элбэх ахсааннаах көрүҥнэрэ быһыллаллара, манньыаттарга оҥорбут сеньор аата иҥэриллэрэ.

Билиҥҥи кэмҥэ рупия элбэх дойду харчыта буолар: Индия, Пакистан, Непал, Индонезия, Маврикий, Сейшель арыылара, Шри-Ланка.

  • Индия рупията
  • Пакистан рупията
  • Непал рупията
  • Индонезия рупията
  • Маврикий рупията
  • Сейшель арыыларын рупията
  • Шри-Ланка рупията

2010 сыл от ыйын 15 күнүгэр Индия былаастара рупия графическай бэлиэтин бигэрпиттэрэ. Рупия бэлиэтэ — Деванагари алпабыытын, санскрит уонна хинди тылларыгар туттуллар, Ра бичигэ. Ра үөһээ өттө сытыары сурааһынынан сотуллубут. Бу бэлиэ латыын R бичигэр (туруору сурааһына суох) маарынныыр.

  1. Мухр (мохур, могур) — историяҕа киирбит Индия, Непал уонна Афганистан кыһыл көмүс манньыаттара.