Nothing Special   »   [go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Павлов Николай Афанасьевич

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Павлов Николай Афанасьевич - саха живописеһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Саха хомсомуолун бириэмийэтин лауреата.

1941 с. от ыйын 6 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас Өлөчөйгө төрөөбүтэ.

1964 с. Дьокуускайдааҕы уус-уран училищены, 1976 с. Москубатааҕы Репин аатынан живопись, скульптура уонна архитектура институтун живописнай салаатын бүтэрбитэ[1].

Николай Павлов ускуустубата ханнык баҕарар киһиэхэ чугаһын, реализм бириинсибин тутуһарыттан буолбакка, үтүө санаа уонна сырдык илгийэр курдунан быһаараллар. Сюжеттаах ханнык эрэ тиэмэҕэ анаммыт үлэлэрэ элбэхтэр. Тыа үлэһит киһитин күннээҕи кыһалҕалара ойууланаллар. Онтуката туох эрэ уратылаах буолар. Айымньытын сорҕотун пейзажтар ылаллар. Бу үлэлэрин уратыта — чуумпуруу.

Үлэлэрэ

  • Саҥа оскуолаҕа (1985)
  • Харама хайата (1987)
  • Оҕонньоттор (1985)

Кэргэнэ — Римма Семеновна Гаврильева, биллиилээх искусствовед, саха таҥаһын чинчийээччи.

  1. Национальный художественный музей Республики Саха (Якутия). Г. Сафронова уонна атыттар. — Дь.: Сахаполиграфиздат, 2001