Nothing Special   »   [go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Оҕо уонна улахан киһи

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Оҕо уонна улахан киһи өйдөрүн-санааларын уратыларын билии оҕону иитиигэ улахан хамсааһыны, уларыйыыны киллэрэр. Оҕо уонна улахан киһи өйө-санаата тус-туспаларын сахалар былыр-былыргыттан билэн «Атаах уонна көйгө оҕо» диэн үөрэҕи арыйбыттарын уонна оҕо атаах буола улааттаҕына өйө-санаата түктэри буоларын быһаарбыттар.

Киһи үгэстэринэн салаллар. Улахан киһи кыра эрдэҕиттэн үөскээбит, олохсуйбут үгэстэрдээх, ол кэмҥэ ийэ кута иитиллибититтэн, тугу саҥаны оҥорорун ийэ кутугар тэҥнээн көрөн, ханнык быһыы буоларын сыаналаан көрөр, быһаарар, үчүгэй буоллаҕына оҥорор, куһаҕан диэтэҕинэ оҥорбот, тохтуур кыахтаах, онтон оҕо саҥа улаатан иһэринэн, ийэ кута иитиллэ илигинэн, субу оҥорор быһыытын үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн арааран билбэтиттэн хайаларын баҕарар харса суох оҥорон кэбиһэр кыахтааҕын арааран билии хас биирдии оҕотун туһугар кыһанар төрөппүттэн ирдэнэр.

Кыра оҕо өйө-санаата саҥа сайдан иһэринэн, ийэ кута үөскүү, олохсуйа илигинэн тугу бэйэтэ оҥорбута барыта саҥаны айыы, саҥаны, урут билбэтин оҥоруу буолан иһэр. Бу саҥаны оҥорбута барыта өйүгэр-санаатыгар олус күүскэ иҥэн өйдөнөн хаалан, ийэ кутун быһалыы үөскэтэн иһэр уратылаах. Кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥорон, куһаҕан үгэстэнэн хааллаҕына, куһаҕаны элбэҕи оҥорор майгыланар. Сахалар үөрэхтэрэ оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр куһаҕан быһыылары оҥотторбот буолары ирдиир.

Оҕо өйө-санаата сайдыытын ити уратыларын билии хас биирдии төрөппүттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар. Билигин үөрэх-билии сайдыбытынан, бу көрдөбүллэри билии ханнык да уустуктары үөскэппэт, арай төрөппүт оҕотун өйө-санаата туруктаах буола сайдыытыгар, киһи быһыылаах буола улаатарыгар кыһанарын эрэ эрэйэр.

Сахалар былыр-былыргыттан киһи өйүн-санаатын үс кукка араараллара санаа сайдан иһэр уларыйыыларынан уонна тутулуктарынан быһаарыллаллар. Куттар үөрэҕи-билиини иҥэринииттэн, өй-санаа эбиллиититтэн, мунньуллуутуттан үөскүүллэр, хамсааһыннары оҥорорго аналлаахтар, оҕоҕо уонна улахан киһиэхэ үөскээһиннэрэ тус-туспа хайысхалаахтарын таҥара үөрэҕэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэр.

Куттар улахан киһи өйүн-санаатын быһаарыылара уонна бэйэ-бэйэлэрин кытта арахсыспат тутулуктара манныктар:

1. Салгын кут. Үөрэҕи билииттэн үөскүүр.

2. Ийэ кут. Үгэстэри үөскэтинииттэн үөскүүр, сайдар.

3. Буор кут. Эти-сиини үөрүйэх оҥорууттан үөскүүр.

Улахан киһи өйө-санаата сайдыытын уонна куттара үөскээһиннэрин тутулуктарын төһө кыайарбытынан дириҥник ырытыахпыт:

1. Салгын кут. Улахан киһи үөрэҕи-билиини ылынан иһэр, сааһыран истэҕинэ өйө-санаата сайдар, эбиллэр. Көрөн-истэн, кинигэни ааҕан, бэйэтэ үөрэтэн билэн билиитэ эбиллэн иһэр. Куһаҕан, туһата суох, буортулаах быһыылары билэр буолан оҥорбот кыаҕа улахан. Ылыммыт билиилэрэ кэлин үгэскэ кубулуйар кыахтаахтар. Бу быһаарыыны билигин төрөппүттэр уонна үөрэҕи-билиини тарҕатааччылар бары туһаналлар.

2. Ийэ кут. Кыра эрдэҕинэ үөрэммит үгэстэрдээх, ол үгэстэрин тутуһар, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанар. Сиэри-туому билэр, толорор. Тугу оҥорорун урукку үгэстэригэр тэҥнээн көрөн сыаналыыр кыахтааҕыттан сыыһаны-халтыны оҥороро аҕыйах, суох да диэххэ сөп. Саҥа үгэстэри үөскэтинэр кыахтаах эрээри, ол олус уһун кэми ылар. Кини бэйэтэ ылынан, элбэхтик дьарыктанан, хос-хос хатылаан эрэ саҥа үгэһи иҥэринэр кыахтанар.

3. Буор кут. Улахан киһи буор кута этин-сиинин хамсатарыттан, эрчийэриттэн сыыйа сайдан, үөрүйэхтэрэ эбиллэн иһэллэр. Улахан киһи олус элбэх олохсуйбут үөрүйэхтэрдээх, үлэни-хамнаһы сатыыр, үөрэммит, табан хамсанар.

Улахан киһи өйө-санаата олохсуйбут үгэстэринэн уонна салгын кутунан ылынар билиилэринэн салалларыттан куһаҕан быһыылары арааран билэриттэн, олору оҥорбот кыаҕа улахан, сыыһа-халты туттунара отой аҕыйах.

Бары билэрбит курдук бу куттар бэйэ-бэйэлэрин кытта тутулуктара өй-санаа салгыы сайдан, күүһүрэн иһэринэн быһаарыллар, ол курдук салгын кут элбэхтэ хос-хос хатыланан сыыйа-баайа ийэ кукка уларыйар, онтон өссө чиҥээн, дириҥээн эккэ-сииҥҥэ дьайар кыахтаннаҕына буор кукка кубулуйар. Ол аата өй-санаа маннык таһымнарынан сайдар; үөрэх үгүстүк хос-хос хатыланан үгэскэ, онтон үгэс эккэ-сииҥҥэ иҥнэҕинэ, олохсуйдаҕына – үөрүйэххэ кубулуйар уонна буор кут диэн ааттанар, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр кыахтанар.

Оҕолору үөрэтэр аныгы үөрэх систиэмэтэ өй-санаа бу тутулуктарыттан бастакытын эрэ билинэллэр, оҕолору үөрэтиигэ туһаннара сатыыллар, наһаа кыһаналлар уонна оҕону 5 сааһыгар диэри иитиигэ уонна үөрэтиигэ ханнык да улахан суолтаны биэрбэккэ аһаран кэбиһэллэр.

Улахан киһи үчүгэй, туһалаах баҕа санаалары элбэхтик санаатаҕына, ол баҕа санаалара кэлин үгэс буолан иҥэллэр. Бу быһаарыы улахан киһи салгын кутунан сыыйа үөрэнэр дьоҕурун арыйарын арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр тутуһаллар.

Улахан киһи өйө-санаата сайдыбытынан, умнубатынан туһанан субу оҥоруохтаах быһыытын аан маҥнай саныыр, санаатыгар оҥорон көрөр, төһөтө эмэ боруобалыыр кыахтаах. Субу оҥоруохтаах быһыытын санаатыгар элбэхтэ боруобалаан оҥорон, урукку оҥорбут быһыыларыгар тэҥнээн көрөн туох быһыы; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу буоларын, туох содул үөскээн тахсарын быһааран баран биирдэ оҥорор. Сыыһа-халты туттунара, үчүгэйи оҥоробун дии санаан куһаҕаны оҥороро отой аҕыйах.

Үөрэҕи-билиини улахан, өйдөрүн-санааларын сиппит дьон сайыннаралларынан кинилэр бэйэлэрин санааларын ырыталлар, үөрэтэллэр. Тугу барытын, үөрэҕи ылынары эмиэ бэйэлэрин кээмэйдэринэн кээмэйдииллэрэ кыра оҕо өйө-санаата сайдыытыгар сөп түбэспэт. Улахан киһи өйө-санаата уонна оҕо кыра эрдэҕинэ, 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри, бэйэтин өйө-санаата ситэ сайда илигинэ хайдах үөрэнэрэ тус-туспаларын уонна утарыта хайысхалаахтарын арааран билии кыра оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ хайаан да туһаныллар кэмэ кэллэ.

Билигин төһө да үөрэх-билии сайдыбытын иһин кыра оҕо өйө-санаата хайдах үлэлиирин, сайдарын наука үөрэтэн дьоҥҥо билиһиннэрэ илик. Ийэ кут оҕоҕо хаһан уонна хайдах үөскээн иҥэн иһэрин сахалар сайдан иһэр кут-сүр үөрэхтэрэ эрэ табатык быһааран дьоҥҥо тириэрдэр.

Оҕо өйө-санаата улахан киһи өйүттэн-санаатыттан уратыларын арааран билии иитии, үөрэтии таба суолунан салалларын хааччыйар. Ол уратылар манныктар:

1. Буор кут. Оҕо аан маҥнай буор кута сайдар. Саҥа хамсана, хаама үөрэнэ сатыыр. Ньуосканы таба тутарга син үөрэнэр, сыыһа-халты хамсанара элбэх. Улахан дьону үтүктэн туран хааман барар. Кэлин кыбыытын кыанарга уонна чааскыттан үүтү сыпсырыйан иһэргэ өр кэмҥэ үөрэнэр. Хамсаныылартан оҕо буор кута сайдар, сатаан, табан хамсанарга элбэхтик хос-хос хатылаан да буоллар сыыйа үөрэнэн иһэр.

2. Ийэ кут. Үгэстэргэ саҥа үөрэнэр. Туох саҥаны билбитэ, көрбүтэ, соһуйбута барыта өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы буоларыттан тугу оҥорбута барыта ийэ кутугар ууруллан, иҥэн, быһалыы үгэскэ кубулуйан иһэр. Итини тэҥэ тугу оҥорорун хос-хос элбэхтик хатылаан үгэстэри, үөрүйэхтэри үөскэтинэр. Төрөппүтэ боппот, тохтоппот буоллаҕына куһаҕан да быһыылары элбэхтик оҥоруон, олору үгэс оҥостуон сөп. Ийэ кут оҕо киһини таба көрөр буолуоҕуттан саҕалаан 4 эбэтэ 5 сааһыгар диэри түргэнник сайдар.

3. Салгын кут. Кыра эрдэҕинэ кыайан сайдыбат. 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри оҕо тугу оҥорорун ситэн өйдөөбөт, өйүгэр туппат, умнан иһэр. 6 сааһын кэнниттэн үөрэҕи-билиини түргэнник ылынан иһэр, өйө-санаата, умнубат буолуута үөскээн сайдан барар. Өйө-санаата улахан киһи киэнин курдук үлэлииргэ бу кэмтэн ыла сыыйа уларыйар.

Оҕо өйүн-санаатын уратыта диэн тугу саҥа билбитин барытын; үчүгэй да, куһаҕан да буолтун иһин олус күүскэ иҥэринэн иһэрэ буолар. Элбэхтик куһаҕаны оҥордоҕуна куһаҕан үгэстээх, куһаҕан майгылаах буола улаатыан сөбүттэн төрөппүттэри сэрэтээри, харыстаары таҥара үөрэҕэ үөскээбит.

Оҕо бэйэтэ өйдөөн-санаан, умнубакка үөрэҕи ылынар кэмэ 5 эбэтэр 6 сааһыттан саҕаланар. Сахалар оҕону 5 сааһыгар диэри кыра оҕо диэн туспа арааран ааттыыллар. Бу туспа араарыы өй-санаа уратыларыгар тирэҕирэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ умнан кэбиһэринэн салгын кута сайдыбат, тугу оҥорорун ситэ быһаарбакка эрэ оҥорор, сыыһа-халты оҥороро, туттара олус элбэх. Бу кэмҥэ оҕоҕо ийэ кута быһалыы үөскүүрүн, сайдарын арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр билигин да араарбакка сылдьаллар. Билиҥҥи оҕолор бары атаахтык иитиллэр буоллулар, улаатан баран сыыһа-халты туттуналлара элбиир.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ оҕо кыра эрдэҕинэ, 5 сааһыгар диэри, ийэ кута быһалыы үөскүүрүн быһаарар. Оҕо кыра эрдэҕинэ өйө-санаата тугу оҥороруттан, хайдах хамсанарыттан үөскээн, мунньуллан иһэрэ ордук күүстээх. Быччыҥнара хайдах хамсыылларыттан, ол хамсааһыннара хос-хос хатыланыыларыттан, онно өй-санаа үөскээн олохсуйан, иҥэн иһэр. Кыра оҕону үчүгэйи элбэхтик оҥотторо үөрэттэххэ, соннук үгэстэр үөскүүллэриттэн үчүгэйи оҥороро элбэх, үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатар. Бу кэмҥэ куһаҕаны оҥорбот буола үөрэммит оҕо, куһаҕаны оҥороро аҕыйах, ол аата үчүгэй быһыылаах оҕо буола улаатар.

Кыра оҕо тугу оҥорбута, элбэхтэ хос-хос хатылаабыта өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан ууруллан, ийэ кутун үөскэтэллэр. Онтон олохсуйбут үгэстэрэ, ийэ кута киһини хаһан баҕарар, улааппытын да кэннэ салайыыга быһаччы кыттыһаллар.

Ийэ кут дьайыыта киһи итирдэҕинэ, өйө көттөҕүнэ чуолкайдык быһаарыллар кыахтанар. Бу кэмҥэ киһи хайдах быһыыланара, тугу оҥороро, саҥарара барыта кыра эрдэҕинэ хайдах иитиллибитин арыйан көрдөрөр. Кыра эрдэҕинэ атаахтыы үөрэммит оҕо киһиргиирэ, кэпсэнэрэ, охсуоланара улаатан баран итирдэҕинэ киирэн кэлэриттэн, бу кэмҥэ атын дьону кытта тапсара, уопсай тылы булара олус уустугурар, сыыһа-халты туттунуон сөп.

Кыра оҕо биэс сааһыгар диэри умнарын, тугу оҥорбутун өйдөөбөтүн билигин бары төрөппүттэр билэллэр. Сорохтор оҕолорун оннооҕор хаппыыстаттан булбуппут диэн албынныыллара кэпсээн буолан сылдьар. Бу кэмҥэ оҕону үөрэтии улахан наадата суох, аҥардастыы оонньото сырыттахха сөп курдук сыыһа саныы үөрэммиттэр. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэрин, бу кэмҥэ, оҕо ийэ кута быһалыы үөскүүрүн, бэрээдэккэ, киһи буолууга үөрэнэрин билигин даҕаны төрөппүттэр итэҕэйбэккэ сылдьаллар. Итиннэ эбии итэҕэлбитин сыыһа үөрэтээччилэр, «айыы үчүгэй» диэн этээччилэр ийэ кут хантан эрэ халлаантан түһэн кэлэрин курдук этэннэр сахалыы үөрэҕи буккуйаллар, сахалары барыларын албынныыллар.

Бары төрөппүттэр оҕолоро үчүгэй майгылаах, үтүө санаалаах, үлэни-хамнаһы кыайар дьон буола улаатыахтарын баҕараллар. Кинилэр бу үтүө баҕа санаалара тугу оҥордохторуна, хайдах туоларын билэллэрэ эбитэ буоллар олохторугар, оҕолорун иитиилэригэр быһаччы туһаныа этилэр.

Оҕоҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэй да, куһаҕан да үгэстэрэ, ийэ кута үөскээһинин кэмин арааран билии, олоххо табан туһаныы хас биирдии төрөппүттэн ирдэнэр көрдөбүл буоларын аахайбакка уонна сымыйанан этээччилэргэ балыттаран сылдьарбытыттан туһаммаппыт. Бу кэмҥэ туһалаах, үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥоро үөрэниитэ, субу оҥоро үөрэммит быһыыта, хамсаныыта өйүгэр-санаатыгар быһалыы иҥэриттэн, ол быһыылары, үөрэммит хамсаныыларын умнубакка хатылаан оҥорор кыахтанара үчүгэй быһыылаах буоларын үөскэтэр.

Сахалар оҕону батыһыннара сылдьан бэйэни үтүгүннэрэн, маннык оҥор диэн көрдөрөн биэрэн үөрэтии улахан туһалааҕын билэллэр. Оҕо ийэтин уонна аҕатын хардарыта-таары үтүктэ үөрэниитэ «Туох барыта икки өрүттээҕин» билэригэр уонна олоҕор туһана үөрэнэригэр туһалыыр. Оҕо икки төрөппүттээх буолара хайаан да наада.

Оҕо кыра эрдэҕинэ өйө-санаата олус күүскэ сайдар, тугу барытын билэ-көрө, тута-хаба охсуон, оҥорон иһиэн баҕата хара баһаам. Өйө-санаата ситэ сайда илигинэн тугу баҕарбытын оҥороро барыта кыаллыбатын, араас содуллаах буолан тахсарын оҕо билбэт. Оҕо оҥорор быһыыларын улахан, уопуттаах дьон хайаан да көрө-истэ сылдьаллара, көннөрөн, маннык оҥоруохха диэн көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэрэллэрэ ирдэнэр. Тугу барытын мин оҥорорум курдук оҥор диэн үөрэх буолар уонна улахан киһи оҥорорун курдук үтүктэн үөрэнии, киһи быһыылаах, киһи буолуу үөрэҕэ диэн ааттанар.

Оҕо төрөппүтэ, иитээччитэ көрдөрөн биэрбитин үтүктэрэ, тугу барытын кини оҥорорун курдук оҥороро киһи быһыылаах буола улаатарыгар тириэрдэр. Тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорору сатыыр, табар буоллаҕына оҕо киһи буолууну баһылыыр.

Оҕо өйө-санаата үлэлиирэ улахан киһиттэн улахан уратылаах. Оҕо өйө-санаата саҥа сайдан иһэринэн урут үөскээбит, олохсуйбут үгэстэрэ суоҕунан, субу оҥорор быһыытын атыҥҥа, урут оҥорбутугар тэҥнээн көрөр кыаҕа суоҕунан араас куһаҕаны, сыыһаны, буолар-буолбат саҥаны айыыны элбэхтик оҥорор. Оҕо саҥа улаатан эрдэҕинэ саҥаны, киһи билбэтин оҥорорун сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ бобо сатыыр, «Айыыны оҥорума» диэн этэр, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтэр.

Оҕо кэлин улаатан, өйө-санаата ситэн, киһи буолууну баһылаабытын, сыыһа-халты, аһара туттунара аҕыйаабытын кэнниттэн саҥаны айара, киһи билбэтин, айыыны оҥоро, үгүс өттө таба, үчүгэй буолан олоххо туһаны аҕалара элбиир.

Киһи оҥороруттан атыннык, тиэрэтик оҥоруу киһи билбэтин, оҥорботун оҥоруу, айыыны оҥоруу буолар. Айыыны оҥоруу үксэ куһаҕан буолар. Холобурга, оҕо билбэтиттэн тарбаҕар ыга тутар тимир шайбаны кэтэн баран олус өр сылдьыбытыттан тарбаҕа иһэн хаалан шайба кыайан уһуллубатаҕын нэһиилэ тимир быһарынан быһан, тарбаҕын босхолооһун кыаллыбыта. Ыга тутар биһилэҕи кэтэн кэбиһии эмиэ итинник эрэйгэ тириэрдэр кыахтааҕын оҕо үксэ боруобалаатаҕына эрэ билэрэ кыаллар.

Оҕо тимир шайбаны ыга кэтэн кэбистэххэ тарбаҕым үллүө, иһиэ диэни билбэтиттэн, урут оҥорон боруобалаан көрбөтөҕүттэн, итинник алдьархайга тиийэн эрэйгэ тэбиллэрин таба сыаналыахха. Киһи билбэтин, оҥорботун оҥоруу, олус сэрэхтээх буолууну, элбэх билиини-көрүүнү ирдиирин биһиги таҥарабыт үөрэҕэ төрөппүттэрбитигэр тириэрдэр.

Киһи айылҕатынан, этин-сиинин оҥоруутунан, күүһүнэн-күдэҕинэн куруук саҥаны, субу үчүгэй дии саныырын барытын оҥорон иһэр кыахтаах. Саҥаны, урут биллибэти, туох содул үөскээн тахсара биллибэт быһыытын оҥорууга киһи олус сэрэхтээх буолара ордугун оҕо уопута тиийбэтиттэн билбэт. Элбэх сыыһаны-халтыны, аһара барыыны оҥоруон сөбүттэн харыстаан «Айыыны оҥорума» диэн үөрэҕи сахалар тутталлар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥороро ордук куһаҕан. Бу аҕыйахтык да оҥорор куһаҕан быһыылара киниэхэ ордук интэриэһи үөскэтэллэриттэн, өйүгэр-санаатыгар дьайыылара күүһүрэн түргэнник үгэс буолан иҥэн хаалар кыахтаахтарыттан «Куһаҕан майгылаах», «Куһаҕан быһыылаах» буола улаатар. Оҕону кыра эрдэҕинэ үчүгэй эрэ быһыылары элбэхтик оҥорорго, онтон куһаҕан быһыылары оҥорботугар үөрэтии үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатарын төрүттүүр.

Бэйэлэрэ үчүгэй майгылаах, киһилии быһыылаах, көрсүө, сэмэй төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥотторбокко, оҥороору гыннаҕына тохтотон, аралдьытан үчүгэй эрэ быһыылары элбэхтик оҥороругар үөрэтэллэр. Кыра эрдэҕиттэн үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥоро үөрэммит оҕо үчүгэй үгэстэнэн, киһилии быһыылаах буола улаатар кыахтанар. (1,11).

Туһаныллыбыт литература

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. "Туймаада уоттара" №13. 1.07.2010.