Nothing Special   »   [go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Балай буолуу

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балай буолуу (Көрбөт буолуу)- мэдисиинэ тиэрминэ, харах көрбөт буолуутун эбэтэр кинини улаханнык өлөрүүтүн ааттыллар. Көспүт суолтата: үөрэҕэ, сайдыыта суох, билиитэ-көрүүтэ суох. Аһынары-харыстыыры билбэт, киһи кыаҕар бас бэриммэт, баламат.

Көрбөт буолуу арахсар: Адьас көрбөт буолуу (амавроз), сороҕун көрбөт (скотома), көрөрүн аҥарын сатаан көрбөт (гемианопсия). Итини таһынан өҥнөрү сатаан көрбөт буолуу (дальтонизм).

ВОЗ быһаарытыынан

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Травмаланыы, ыалдьыы уонна өлүү статистичиэскай классификацияларынан онус хаттан көрүү буолуу 6/18 кыра, ол эрээри 3/60 элбэх, эбэтэр 20 кыраадыска диэри көрбөт буола5ын диэн доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ бэлиэтиир.

Көрбөт буолуу төрүөтэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Доруобуйа харыстабылын дойдутааҕы тэрилтэтэ ыйарынан көрбөт буолуу төрүөтүөнэн манныктар буолаллар:

  • Катаракта Архыыптаммыт 2019, Ахсынньы 23 күнүгэр. (47,9%)
  • Глаукома (12,3)
  • Кырдьыынан (8,7%)
  • Роговица сыыьырыытыттан (5,1%)
  • Диабет ретинопатиятыттан (4,8%)
  • Кыра оҕолор буолуулара ( А витамин дефицита, катаракталаах уонна ретинопатиялаах эрдэ төрөөбүттэр (3,9%)
  • Трахома (3,6%)
  • Онхоцеркоз (0,8%)

Ону таһынана, араас инфекциялар, харах травмата көрбөт буолуута имэрдиэхтэрин сөп. Аан дойдуга саамай элбэхтэ кырдьыынан сибээстэн уонна диабет көрүнүнэн көрбөт буолуута бэлиэтэтэр. Атын өттүнэн көрдөххө, медицинскэй – санитарнай сабыдыалынан инфекцияттан балай буолуу ахсаана аҕыйаабыт. Ол курдук көрбөт буолууга тиэрдэр трахома ыарыыта 1985 сылга 360 мөлүйүөнтэн 2000 сылга 40 мөлүйүөҥҥэ диэри аҕыйаабыт.

Оҕо күүтүнү кытта сибээстээх төрүөттэр

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

О5о көрбөт буолуута кытта төрүөттэр сөп. Холобур, төрөөhүнү кытта сибээстээх краснуха синдрома уонна эрдэ төрөөбүттэр ретинопатиялара.

АХШ территориятааҕы 30 саастаах диэри дьоннор харахтарын травмата (аҥар харахтара көрбөт буолуулара) үгүстүк бэлиэтэнэр. Катаракта уонна харах травмата харахха бэйэтигэр дьайаллар. Онтон көрөр ньиэрбэ ыарыыларын сайдыыта, ньиэрбэ төрдүгэр дьайан, харахтан мэйии кэтэх чааһыгар сигналлары ыытан харах көрүүтүн мөлтүүрүгэр тиэрдэр. Мэйии кэтэх чааһын ыарыыта кортикальнайкорбот буолууну кытта сибээстээх уонна мэйии сөпкө көрөр дьоҕурун мэһэйдиир, сүтэрэр буолууга тиэрдэр. Маннык ыарыылаахтар күн бүтүүтэ көрөллөрө мөлтүүр.

Генетическэй дефектэр

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Альбинизмнаах дьон сонуонунан көрбөт дьонно киирсэллэр, ол эрээри, дьигинэн сорохторо эрэ адьас көрбөттөр. Лебера диэн төрүөҕүттэн көрбөт буолуу, оҕо сааһыгар көрбөт буолууга тиэрдиэн сөп. Киьи генома кортированиятын кэнники ситиһиилэрэ харах мөлтөөһүнэ уонна көрбөт буолуу генетическэй төрүөттэрин быһаарарга көмөлөһөллөр. Оннук холобурунан Барде-Бидля синдрома буолар.

Сорох түбэлтэлэргэ химическэй веществолары иһииттэн көрбөт буолууга тиэрдии үөскүөн сөп. Оннук биллэр холобурунан метанол буолар. Муравьинай кислотаҕа уонна формальдегида5а диэри окисляйся (буккулубут) метанол көрбөт буолууга, оннооҕор өлүүгэ тиэрдэр. Метанол киьи организмыгар денатурированнай этиловый спирт булкааһынын утаҕа буолан киирэр. 30 мл метанолу испит киһи көрөр ньиэрбэтэ эргиллибэттик кэһиллиэн сөп. Ол метанол метаболиттарын төрүөттэриттэн буолар.

Киһини соруйан көрбөт оҥоруу түбэлтэлэрэ история5а биллэллэр. «око за ока, зуб за зуб» таҥара сокуонунан киирэ сылдьар, ону таһынан шараитка эмиэ билигин да туттуллар. Ол курдук, кэргэн ылыахтаах кыыһын кислотанан көрбөт оҥорбут эр киһини 2003 сыллааха пакистан террору утарар суута көрбөт буолууга уураахтаабыта. Эмиэ итинник уурааҕы 2009 сыллаахха Иранна кыыһыгар кислотаны сирэйигэр ыспыт киһиэхэ уураахтаабыттара. Ити уура5ы эмсэҕэлээбит кыыс бэйэтэ толоруохтааҕа.

Көрбөт буолуу көрүнүн быһаары истиэпэннэрэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Көрбөт буолууну быһаарарга араас шкалалары тутталлар. Олох көрбөт буолууну сырдыкка реакциялаабат буолуунан быһаарыллар. Ол гынан баран, элбэх дойдуга адьас көрбөт буолуу диэн өйдөбүл киирбит. Ол аата киһи сырдыгы уонна хараҥаны быһаарар. Ол эрээри маннык быһыы олох аҕыйах, адьас суолтата суох. АХШ уонна Европа дойдуларыгар адьас көрбөт көрөр дьогур 20/200 (объектан пациент 20 фут (7 миэтрэ5э тэннээх) тэйиччи буолуохтаах. Доруобуйа киһи 200 ут (70 миэтрэ) көрөрүн курдукка тэннээх(70миэтрэ) көрөрун курдукка тэннээх. Угус дойдуларга 20 кыраатыстан иэнниэх киһи норальный- - 180 кыраадыс) эмиэ көрбөт дьоҥно киирсэр. Сымыйанан көрбөт буола сатааһын олох агыйахта көрсүллэр уонна быһаарыллар. Ол эрээри, мөлтөхтүк көрүүнү улаатыннаран көрбөт сатааһын түбэлтэлэрэ бааллар.

Балай буолууттан тууһурунуу

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Мөлтөхтүк көрбөр уонна көрбөт дьоҥно анал үорэтиилээх ыттары туһаныы сүүһүнэн сылларга баар суол.

Электроннай компьютер тэриллэрэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Ааҕар кинигэ оннугар билигин аудиокинигэлэри истиэххэ сөп. Араас инсценировкалары уонна аудиоспектакыллары цифровой аудиоплеерынан киһи истэр. Көнүл тарҕатыыга араас сайтар бааллар. Көрбөттөргө практическай көмөлөөх анаан уһуллубут диктордар аудиокинигэлэрин таһынан программалар бааллара олус туһалаах. Брайль дисплейын уонна клавиатуратын көмөтүнэн көрбөт дьон персональнай компьютерынан араас тиэкситэри редакциялыахтарын сөп. Араас тэриллэр оноһулла сылдьаллар. Холобур, «Тактильное виденье» диэн көрөрү солбуйар, сигналлары ыытар уонна кодирования саҥа запатентованнай ньымата диэн аппараттар.

Көрбөттөргө аналлаах копьютернай бырагарааммалар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Көрбөттөргө аналлаах компьютерынан туһаналларыгар брайль уонна саҥарар киллэрэр-таьаарар даннайдары тутталлар. Маны таһынан тактильнай электромеханическай панеллары туһаныллар. Көрбөттөргө Linux (20)-Oralux уонна Adriane Knoppix операционнай системалар оноһуннулар. Маны таһынан NetHack диэн көрбөт дьоҥно аналлаах компьютернай оонньуу баар. Судургу уонна бөдөҥ шрифтээх программалар мөлтөхтүк көрөр дьоҥно аналлаахтар. Өссө WAI-ARIA диэн мөлтөхтүк көрөр уонна көрбөт дьон Интернетинэн улэлииллэригэр веб-техгология баар.

Бионическай харах

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бионическай харах диэн көрөр буолууну чөлүгэр түьэрэргэ аналлаах искусственнай көрүү системата буолар. Нейроннары тыыппакка эрэ харах сетчаткатын ньиэрбэтигэр электрическэй видеосигналлары ыытар.

Көрбөт буолууттан эмтэр

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сырдыгы сатаан көрбөт буолбут харах сетчаткатын эмтииргэ анаан эмп оҥорууга россия лабораторията күүскэ үлэлэьэр. Бу эмп кутуйахтарга икки нэдиэлэ устата харахтарыгар ыстарбыттара. Ити түмүгэр сырдыгы күлүгү арааран көрөр буолбуттара. Ол эрээри предмети уонна ону кыайан көрбөттөр. Үлэ салҕанан барар. Учуонайдар 2019-20 сылларга сүрүн ситиһии баар буолуоҕа диэн эрэннэрэллэр.


Туhаныллыбыт литература

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Островский В. М. Слепота // Энциклопедический словарь Брокгауза и Ефрона : в 86 т. (82 т. и 4 доп.). — СПб., 1890—1907.
  • Н. Кузнецов. Слепота // Большая советская энциклопедия: В 65 томах / под ред. К. Е. Ворошилова, А. Я. Вышинского, П. И. Лебедева-Полянского, А. Лозовского, Ф. Н. Петрова, Ф. А. Ротштейна, О. Ю. Шмидта, Ем. Ярославского. — 1-е изд. — М.: Государственный научный институт «Советская Энциклопедия», 1945. — Т. 51 (Серна — Созерцание). — С. 385—387. — 846 с. — 45 000 экз.
  • Слепота // Большая советская энциклопедия : [в 30 т.] / гл. ред. А. М. Прохоров. — 3-е изд. — М. : Советская энциклопедия, 1969—1978.
  • Слепота // Популярная медицинская энциклопедия / Гл. ред. Б. В. Петровский. В 1 томе. Аборт—Ящур. — 2-е изд., доп. и перераб. — М.: «Советская Энциклопедия», 1987. — С. 573—574. — 704 с. — 100 000 экз. — ISBN 5-87410-013-Х.
  • https://ru.wikipedia.org/wiki/%D0%A1%D0%BB%D0%B5%D0%BF%D0%BE%D1%82%D0%B0