Nothing Special   »   [go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Амма улууһун өрөгөйүн ырыата

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

«Амма улууһун гимнэ»Амма улууһун өрөгөйүн ырыата, улуус ытык бэлиэтэ.

Амма улууһун гимнэ
Бастакы кэрчигэ

Өлүөнэ бу илин өртүгэр
Айылҕа оҕото — кэрэ сир
Амма, эн — сүрэхпит таптала
Ол таптал күүс угар биһиэхэ

Хос ырыата

Айхаллан бу дьикти дойдубут
Өй-санаа, модун күүс түмсүүтэ
Дьылҕабыт, эрэлбит — Аммабыт
Дьол, эйэ түстэнэр күн-сирэ!

Иккис кэрчигэ

Ийэ-буор быйаҥын элбэҕэ
Ол олох, кэлэр кэм кэскилэ
Аатырда киэҥ Сибиир үрдүнэн
Аммабыт бурдуктаах сиринэн!

Үһүс кэрчигэ

Уостубат уйгуну дэлэтэ
Тупса тур үйэттэн үйэҕэ
Урааҥхай удьуорун уһаппыт
Төрөөбүт дойдубут — Аммабыт!

Ырыа тылын И. Стручков — Боотур Уус суруйбут, музыкатын — Е. Неустроев — Тулуйхан.[1]

Халыып:Амма улууһа