Nothing Special   »   [go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Даҕааһын аат

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Барыл 00:37, 10 Кулун тутар 2022; 216.234.200.179 (ырытыы)
(уратыта) ←Инники барыл | Билиҥҥи барыл (уратыта) | Аныгыскы барыл→ (уратыта)

Даҕааһын аатсаҥа чааһа. Бирэдьимиэт, көстүү бэлиэтин көрдөрөр уонна ханнык? хайа? хайдах? ханнааҕы? хаһааҥҥы? туохтаах? диэн ыйытыыга хоруйдуур саҥа чааһа даҕааһын аат дэнэр. Бирэдьимиэт бэлиэтэ диэн

  • хаачыстыбата (үчүгэй, итии, сырдык);
  • быһыыта (төгүрүк, ньолбоҕор, суон);
  • кээмэйэ (улахан, кэтит, бөдөҥ);
  • өҥө (күөх, саһархай, ала), о.д.а. буолар.

Даҕааһын аат арааһа

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Төрүт — маҥан, ыраас, саҥа, кирдээх, төгүрүк, токур
  • Үөскээбит — оҕо-мсох, кэй-иик, тыа-тааҕы, саас-кы, сайыҥ-ҥы, дьиэ-лээх
  • Киирии — чиэһинэй, сиэрэи, муудараи
  • Ааттыйбыт — күүстээх (кыайар), эдэрдэр (бааллар), саҥаны (биллибит)

Даҕааһын аат уларыйбат, этиигэ быһаарыы буолар. Холобур: күүстээх киһи, күүстээх киһиттэн, күүстээх дьон.

Этиигэ кэпсиирэ буоллаҕына, кэпсиирэ сыһыарыытын ылынар. Холобур: Эн күүстээххин, биһиги эмиэ күүстээхпит.

Даҕааһын аат бэйэтэ быһаарар тыллаах буолуон сөп: олус кэрэ айылҕа, наһаа суон тиит, ураты интэриэһинэй кинигэ. Ааттыйбыт даҕааһын элбэх ахсаан уонна тардыы сыһыарыытын ылар, падьыаһынан уларыйар кыахтаах. Этиигэ туһаан, кэпсиирэ, толоруу буолуон сөп. Холобур: Күүстээхтэр кыайыахтара. Ким? — күүстээхтэр. Күүстээххин дьэ биллибит. Тугу биллибит? — күүстээххин. Күүстээҕи күүстээх баһыйар. Кими баһыйар? — күүстээҕи. Уол чахчы күүстээх эбит. Хайдах эбитий? — күүстээх эбит.

Сорох даҕааһын аат тылга толору көспүт: кырдьаҕас (старик), ыраахтааҕы (царь), өстөөх (враг), муҥурдаах (аппендицит), бэлиэлээх (кырынаас), о.д.а.

  • Хоһуйар: аламаҕай, иһирэх, килбик, номоҕон, сайаҕас, сайдам, талыы, талба, уйаҕас, ылбаҕай, ыллам, элэккэй.
  • Сэргиир: амарах, бүгүрү, сытыары, улгум, холку, чэбэр, чэнчис, чобуо.
  • Сирэр: баламат, дьалаҕай, дьалбаа, көлөөк, мунутах, нэс, салаҥ, сүөргү, холус, холуон.
  • Сэмэлиир: бардам, моҕус, ордугурҕас, өрүскэ, силээхтэ, соллоҥ, устугас, хабыр.
  • Сиилиир: аҕыл, көҥөс, көрүнньүк, улдьаа, сонумсах, сыылба, харам.
  • Сэниир: ааргы, дэбдэҥ, дьэллик, нэгэй, сэлээр, түҥкэтэх.
  • Бал-бааччы этэр: сэлээрчэх, сидьиҥ, сиэхсит, содур, чолоҕор, чугуччу.


Даҕааһын аат үөскүүр ньымата

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Даҕааһын аат атын саҥа чааһыттан уонна даҕааһынтан араас ньыманан үөскүүр.

Даҕааһын ааты саҥарар саҥаҕа туттуу

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Даҕааһын аат кэпсэтии да тылыгар, уус-уран айымньыга да бэрт киэҥник туттуллар. бирэдьимиэт бэлиэтин көрдөрөр буолан, тылы-өһү олус байытар, киэргэтэр. Саха тылыгар араас бэйэлээх синоним, антоним суолталаах даҕааһын олус элбэх. Ол ордук олоҥхо баай-талым тылыгар толору көстөр. Даҕааһыны көспүт суолтаҕа туттар түбэлтэ эмиэ элбэх буолар: тимир күрдьэх — тимир сүрэх. Кыһыл тылынан кынаттанар.

Кэнники кэмҥэ нуучча тылын сабыдыалынан даҕааһын ааты аат туохтуур үтүрүйэн эрэр: сабыылаах түннүк — сабыллыбыт түннүк. Онтон сылтаан тыл, биир халыыпка киирэн, иинэр-хатар, этигэн күүһэ мөлтүүр.

Туһаныллыбыт сир

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Саха тыла. Морфология: 6 кылааска үөрэнэр кинигэ. / Неустроев Н. Н. уонна соавт. Бичик. 2006. - 112 с. ISBN 5-7696-2400-0